Саха сиригэр билиҥҥи туругунан уопсайа 87 ойуур баһаара баар. 11 баһаары умуруорбуттар, уот ылбыт сирэ 339 738,6 га, күүскэ умайа сытар сирэ — 509,61 «Суукка устата баһаар уопсай иэнэ 8591,2 гектарынан кыччаата. Нэһилиэнньэлээх пуннара куттал суоһаабат. Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Мирнэй оройуоннарыгар балаһыанньа уустук. Манна барытыгар 52 баһаар баар. Ааспыт сууккаҕа сэттэ саҥа баһаар үөскээтэ.
Саха сиригэр 87 ойуур баһаара баар
