Амур уобалаһыгар суол саахалыгар түбэспит дьон дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһуллуоҕа

СӨ Бырабыыталыстыбата Амур уобалаһыгар суол быһылааныгар түбэспит дьон дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруоҕа.

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан бэҕэһээ, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, суол саахалыгар түбэспит дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга суһал мунньах буолбут.

СӨ Бырабыыталыстыбата тыына быстыбыт дьон аймахтарын кытары сибээстэспит.

Мунньах кэмигэр СӨ вице-премьерэ Дмитрий Садовников Сковородино куоракка суорума суолламмыт дьону медицинскэй экспертизаны ыытыыга аймахтар бары бииргэ айанныылларын уонна кинилэри кытары тустаах исписэлиистэр арыаллыахтаахтарын туһунан эппит.

Медицинскэй экспертиза кэнниттэн суорума суолламмыт биир дойдулаахтарбытын Саха сиригэр аҕалыахтара. Дмитрий Садовников кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бу күннэргэ материальнай көмөнү оҥорорго соруйда.