Ыаллыылар 1999 сыллаахха Саха сиригэр «Ыаллыылар» диэн бастакы сахалыы сериал тахсыбыта. Бу сериалга икки ыал олоҕун туһунан кэпсэнэр, таптал, булт-алт, доҕордоһуу тиэмэтэ эмиэ таарыллар. Ыаллыылар аймахтара, доҕотторо эмиэ киинэҕэ көстөллөр. «Ыаллыыларга» Саха тыйаатырын артыыстара бары уһуллубуттара. Туруорааччы режиссер, сценарист — Лидия Васильева, Оператор — Иннокентий Каменев, Айаал Павлов, звукорежиссер — Илья Петухов, Данил Еремеев.