НВК САХА – Хаҥалас улууһугар уһуйаан сэбиэдиссэйигэр сыһыаннаан бириигэбэр таҕыста. Бу туһунан СӨ Силиэстийэлиир управлениета иһитиннэрэр.
Холуобунай дьыала 2017 сыллаахха Покровскай куорат 1 №-дээх «Сардаана» уһуйаанын үһүс мэндиэмэнин түннүгүттэн оҕо сууллан тэриллибитэ.
2015 сыллаах төрүөх оҕо доруобуйатыгар улахан эчэйиини ылбыта.
Сэбиэдиссэй буруйун төһө да билиммэтэр, силиэстийэ кини буруйун дакаастаан, көҥүлэ 1 сыл тургутар болдьохтоох 2 сылга усулуобунайдык быһылынна.