НВК САХА — Мииринэй оройуонун Светлай бөһүөлэгэр икки этээстээх мас дьиэ умайда.
«Дьиэ көһөрүүгэ бэлэмнэнэн турбут, уопсайа 6 киһи, ол иһигэр 3 оҕо олорбут. Мииринэй баһаарынай быһыыр гарнизона тутатына быһылаан тахсыбыт сиригэр кэлбит, биир киһини дьиэ иһиттэр таһаарбыттар. Баһаарга биир да киһи эчэйбэтэх», – диэн Россия ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уот дьиэ подъездарын иһин уонна хоруобуйатын уопсай иэнинэн сиэбит. Буруйдаах, уот тахсыытын төрүөтэ уонна оҥоһуллубут хоромньу быһаарыллаллар.
Быһылаан тахсыбыт сиригэр Мииринэй оройуонун силиэстийэлиир кэмитиэтин исписэлиистэрэ үлэлииллэр. Баһаары умуруорууга 7 тиэхиньикэ уонна 40 киһи кытыыны ылла.