Ыам ыйын 28 күнүгэр Турцияҕа бэрэсидьиэн быыбарын иккис түһүмэҕэ буолла. Дойду олохтоохторо Реджеп Тайип Эрдоганы бэрэсидьиэнинэн таллылар.
Ол курдук, Реджеп Тайип Эрдогаҥҥа 52,13 % киһи куоластаан, Турция 13-с бэрэсидьиэнэ буолла. Онтон кини утарсааччыта Кемаль Кылычдароглу 47,87 % куолаһы ылла.
Эрдоганы быыбарга кыайыытын иһин Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эҕэрдэлээтэ.