1,5 тыһ. га иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруордулар

Атырдьах ыйын 11 күнүн туругунан, Саха сиригэр 586 тыһ. тахса га уопсай иэннээх 79 ойуур баһаара уонна 1,2 тыһ. тахса га иэннээх 4 атын категориялаах уот умайар.

Ааспыт сууккаҕа 1,5 тыһ. тахса га иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруордулар. Маны тэҥэ 31,1 тыһ. га иэннээх 5 уоту төгүрүйдүлэр.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр 1833 киһи уонна 207 тиэхиньикэ кыттар.

10 ойуур баһаара сүрүн кэтэбилгэ сылдьар.