12 ойуур баһаарын умуруордулар

Атырдьах ыйын 24 күнүн туругунан, Саха сиригэр 382 тыһ. тахса га уопсай иэннээх 52 ойуур баһаара умайар.

Суукка иһигэр 38 тыһ. га иэннээх 12 ойуур баһаарын умуруордулар. Маны тэҥэ 19,5 тыһ. га иэннээх 9 уоту төгүрүйдүлэр.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр 1365 киһи уонна 115 тиэхиньикэ кыттар.

6 ойуур баһаара сүрүн кэтэбилгэ сылдьар.