Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин күнүнэн!

Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, Россияҕа Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр.

Бу бэлиэ күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбит дьонун-сэргэтин харыстаан, көрөн-истэн сыралаах үлэлэрин иһин ис дьыала уорганнарын бэтэрээннэригэр, биэдэмистибэ үлэһиттэригэр киэн туттан туран махтанабыт.

Хас биирдиигитигэр кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, дьон ытыктабылын, туох баар үтүөнү, кэрэни!