2 ойуур баһаарын умуруордулар

Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруорууга 1795 киһи уонна 205 тиэхиньикэ кыттар.

Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатын министирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Ленскэй, Мииринэй, Нам уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар 10 ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр», – диэн Андрей Коноплев бэлиэтээтэ.

Ааспыт суукка иһигэр Өлүөхүмэҕэ уонна Усуйаанаҕа 1 ойуур баһаарын уонна 1 ландшафтнай уоту умуруордулар.

Абый, Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар ЧС эрэһиимэ биллэриллэн турар.