202-с уонна 203-с микрооройуоннар икки ардыларыгар туоруур сир оҥоһулунна

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр региональнай бырагыраама бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ киинигэр 202-с уонна 203-с микрооройуоннар икки ардыларыгар туоруур сир оҥоһулунна.

Туоруур сир уһунан 36 миэтэрэҕэ тэҥнэһэр, туората — 1,5 миэтэрэ, суол кытыытынынааҕы хахха үрдүгэ — 1,3 миэтэрэ.

203-с микрооройуон ыстаарысталарын сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Луковцева бэлиэтииринэн, туоруур сир сайда турар икки микрооройуоннар элбэх кыһалҕаларын быһаарыаҕа.

«Санаабыккын ситиһэргэ, туох да буолбутун иһин гражданскай көҕүлээһини туруорсарга, өрөспүүбүлүкэ, бэйэни салайыныы былааһын кытта үлэлииргэ туоруур сир биһиэхэ холобур буолуоҕа. Түмсүүлээх эрэ бөлөҕү былаас истэр уонна күннээҕи кыайтарбат боппуруостары уонна кыһалҕалары быһаарар кыахтаах», — диэн ыстаарасталар сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ бэлиэтээтэ.

Бырайыак уопсай суумата 2,8 мөлүйүөн солкуобай. Ол иһигэр 2,2 мөлүйүөн солкуобай судаарыстыба бүддьүөтүттэн, 150 тыһыынча солкуобай — олохтоох бэйэни салайыныы бүддьүөтүттэн. Салайар хампаанньалартан, уокурук урбаанньыттарыттан уонна олохтоохтортон 500 тыһыынча солкуобай хомулунна.

Санатан эттэххэ, Дьокуускайга 2020 сылга 31 мөлүйүөн солкуобай суумалаах аҕыс бырайыак олоххо киирдэ.