2022 сылга валовой тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын кээмэйэ 28,8 млрд.солк. тэҥнэспит

2022 сылга Саха сиригэр валовой тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын кээмэйэ 28,8 млрд.солк.тэҥнэспит, бу көрдөрүүнү бырабыыталыстыба отчуотугар регион вице-премьера Михаил Никифоров иһитиннэрдэ.

«2021 сылга холоотоххо, көрдөрүү 1,2%-нан үрдээбит. Бэлиэтээн этиэм этэ, сэлиэнньэ бырагырааматын үбүлээһин биэс сыл анараа өттүгэр 10 млрд.солк.этэ, оттон 2022 сылга  12,4 млрд.солкуобайтан саҕалаан баран, сыл бүтүүтэ кээмэйбит 13,8 млрд.солкуобайга тэҥнэстэ», — диэн Михаил Никифоров эттэ.