Ил Дархан баһаарынай балаһыанньа туһунан эттэ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү брифинигэр өрөспүүбүлүкэҕэ баһаарынай балаһыанньа туһунан эмиэ кэпсээтэ.

«Федеральнай бүддьүөттэн баһаары умуруорууга миллиард аҥаара көрүлүннэ. Ону кытта эмиэ федеральнай бүддьүөттэн баһаары умуруорууга сылдьар дьон аһылыгын харчыта төлөнүөҕэ. Бу боппуруостары мин дойду бэрэсидьиэнин иннигэр туруорбутум. Кини тус өйөбүлүнэн Саха сиригэр тирээн турар кыһалҕа быһаарылынна», — диэтэ Айсен Николаев.

Бүгүн, от ыйын 28 күнүгэр, Саха сиригэр 11 оройуоҥҥа 22 баһаары умуруораллар. «Билигин уустук балаһыанньа Орто Халымаҕа буолла. Манна биэс баһаар баар, нэһилиэнньэлээх пуннарга кутталы үөскэтиэн сөп. Бүгүн манна эбии көмө ыытыахпыт. Баһаар боппуруоһун күүстээх хонтуруолга тутабыт», — диэн эбэн эттэ Ил Дархан.

Кини баһаары умуруорууга үлэлии сылдьар дьоҥҥо махтанна.