4,2 тыһ. га иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруордулар

Атырдьах ыйын 10 күнүн туругунан, Саха сиригэр 570 тыһ. тахса га уопсай иэннээх 78 ойуур баһаара уонна 1,2 тыһ. тахса га иэннээх 4 атын категориялаах уот умайар.

Ааспыт сууккаҕа 4,2 тыһ. тахса га иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруордулар. Маны тэҥэ  30,9 тыһ. га иэннээх 5 уоту төгүрүйдүлэр.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр 1734 киһи уонна 190 тиэхиньикэ кыттар.

10 ойуур баһаара сүрүн кэтэбилгэ сылдьар.