Вакцинацияны Россия 42,2 мөлүйүөн олохтооҕо толору ааста.
Бу туһунан Россия вице-премьерэ Татьяна Голикова иһитиннэрдэ.
«Алтынньы 8 күнүгэр, вакцинация бастакы түһүмэҕин ааспыт гражданнар ахсааннара 47,8 мөлүйүөн киһиэхэ тэҥнэстэ, толору ааспыттар — 42,4 мөлүйүөн киһи, 2,1 мөлүйүөн киһи хаттаан быһыыны ылбыт», — диэтэ кини.
Дойдуга коронавирустан бөлөҕүнэн доруобуйа утарылаһыытын күүһүрүүтүн ситиһэргэ, 80 %-тан итэҕэһэ суох улахан киһи быһыыны туруортарара наада, ол эбэтэр 90 мөлүйүөнтэн тахса киһи.
Онуоха эбии 7,6 мөлүйүөн Россия олохтооҕун вакцинациялыыр наада, ол эбэтэр балтараа сыл анараа өттүгэр быһыыны ылбыт, эбэтэр ыалдьа сылдьыбыт дьон.








