6 ойуур баһаара умуруорулунна

Атырдьах ыйын 25 күнүн туругунан, Саха сиригэр 396 тыһ. тахса га уопсай иэннээх 53 ойуур баһаара уонна 1 атын категориялаах уот умайар.

Суукка иһигэр 9,7 тыһ. кэриҥэ га иэннээх 6 ойуур баһаарын умуруордулар. Маны тэҥэ 45 тыһ. тахса га иэннээх 12 уоту төгүрүйдүлэр.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр 1241 киһи уонна 104 тиэхиньикэ кыттар.

6 ойуур баһаара сүрүн кэтэбилгэ сылдьар.