6 ойуур баһаара умуруорулунна

От ыйын 28 күнүн туругунан, Саха сиригэр 1 млн тахса га уопсай иэннээх 132 ойуур баһаара уонна 1 ландшафтнай уот умайар.

Ааспыт сууккаҕа 23 тыһ. тахса га уопсай иэннээх 6 ойуур баһаарын умуруордулар. Маны тэҥэ 15 тыһ. тахса га. иэннээх 3 уоту төгүрүйдүлэр.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр 1960 киһи уонна 222 тиэхиньикэ кыттар.

13 ойуур баһаара сүрүн салалта кэтэбилигэр сылдьар.