«Уустук кэмҥэ урбаан-2022» тэрээһиҥҥэ урбаанньыттарга көмө туһунан кэпсэттилэр

Уустук кэмҥэ оҕустарыыны көрсүбүт урбаанньыттарга анаан «Алмазэргиэнбаан» уонна СӨ урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ аан бастакытын «Кризис кэмигэр урбаан-2022» тэрээһини ыытта.

Урбаанньыттарга чопчу туох өйөбүллэр олохтоммуттарын, мунаахсыйар боппуруостарын быһаарыыга кэпсэтии, уопут атастаһыы буолла.

«Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө быһыытынан 800 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай көрүлүннэ», — диэтэ СӨ урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирин солбуйааччы Максим Прокопьев.