Өрөспүүбүлүкэ гааһынан хааччыйыы уонна газтааһын бырагырааматын үбүлээһинэ 14 миллиард солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Бу туһунан ТАСС тириэрдэр.
Тустаах иһитиннэриини Ил Дархан Айсен Николаев балаҕан ыйын 16 күнүгэр «Россия-24» ханаалга быһа эфир кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Сибиир күүһэ» гаас утаҕын холбооһун кэнниттэн, гаас турбата ааһар сиригэр баар Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастыыр кыах баар буолбутун Ил Дархан бэлиэтээтэ.
«2025 сылга диэри бырагыраама бастакы түһүмэҕэр 21 нэһилиэнньэлээх пуун хабыллыаҕа, олор истэригэр Өлүөхүмэ, Алдан, Чульман киирэллэр. «Газпрома» хампаанньа угар үбүлээһинин кээмэйэ — тоҕус миллиардтан тахса солкуобайга тэҥнэһиэҕэ, өрөспүүбүлүкэ — биэс миллиард кэриҥэ», — диэн ааҕыныстыба суруйар.
«Газпромом» хампаанньаны кытта сөбүлэһии кэлэр нэдиэлэҕэ түһэрсиллэрэ былааннанар. Билигин 2026-2030 сыллар бырагыраамалара дьүүллэһиллэ сылдьарын Айсен Николаев эбэн эттэ.








