Саха сиригэр оту бэлэмнээһин 83% буолла

Саха сирин аграрийдара 368,9 тонна оту оҕустулар, бу сыллааҕы былаан 83% буолар.

Бу туһунан вице-премьер Михаил Никифоров иһитиннэрдэ.

25,2 тыһ. тонна сиилэһи (88%), сенаж — 8,6 тыһ. тонна (66%).

От үлэтигэр 10,8 киһи уонна биэс тыһ. тахса тиэхиникэ үлэлиир. Туһунан учаастакка 228 мобильнай биригээдэ үлэлиир.

Былаантан хаалыы Кэбээйигэ (42%), Үөһээ Дьааҥыга (52%), Бүлүүгэ (64%) уонна Өлүөхүмэҕэ (74%) бэлиэтэнэр.