СӨ Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга министиэристибэтэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар экономикаларын өйөөһүҥҥэ туһаайыллар бырагыраама бырайыагар этиилэрин киллэрдэ. Бу туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Этиигэ сири араарыы кыраныыссаларын быһааран, дааннайдары Хамсаабат баай-дуол биир кэлим судаарыстыбаннай тиһигэр киллэрии үлэлэрин ыытыыга туһаайыллар «Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэс буолбут олорор эйгэлэрин харыстааһыны хааччыйыы» диэн балаһанан бырагырааманны эбэн биэрэр туһунан этиллэр.
Оҥоһулла сылдьар бырагыраама бары эйгэни барытын хабара этиллэр. Хаһаайыстыба үгэс буолбут салаалара, доруобуйа харыстабыла, үөрэҕирии, култуура, сиргэ сыһыаннаһыы, экология, бырамыысыланнай тэрилтэлэри кытта хардарыта дьайсыы, көс норуоттар үлэлэрин уонна олохторун усулуобуйата тус-туспа блоктарынан киириэхтэрэ.








