Ааспыт нэдиэлэҕэ 70 суол саахалын түбэлтэтэ бэлиэтэммит

Дьокуускай куоракка ааспыт нэдиэлэ иһигэр 70 суол саахала бэлиэтэммит.

Бу туһунан тохсунньу 16 күнүгэр куорат мунньаҕар иһитиннэрбиттэр.

«Дьокуускайга биир нэдиэлэ иһигэр 70 суол саахала буолла, олортон сэттэтэ – оһоллоох, биир киһи өлүүлээх, 18 киһи бааһырбыт», — диэн эттилэр.

Тохсунньу 14 күнүгэр «Тойота Хайс» кыра массыына «Скания» улахан массыынаны кытта Бүлүүлүүр суол 30-с килэмиэтиригэр харсыһан, тоҕус киһи оһолломмут. Ону тэҥэ, Намныыр суол 14-с килэмиэтиригэр уон массыына саахалламмыт. Быһылаан туманнаах күҥҥэ түргэн айан түмүгэр тахсыбыт.