Ааспыт сууккаҕа 31 281 гектар иэннээх 21 баһаары умуруордулар. Бу туһунан СӨ экологияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ленскэйгэ, Чурапчыга, Уус Маайаҕа, Томпоҕо, Нерюнгригэ, Миирнэйгэ, Эдьигээҥҥэ, Өлөөҥҥө, Үөһээ Дьааҥыга баһаардары умуруордулар. Ону тэҥэ Уус Маайаҕа, Томпоҕо, Өлүөхүмэҕэ 6 803 гектар иэннээх уоттары төгүрүйдүлэр.
Суукка иһигэр Уус Маайаҕа, Орто Халымаҕа, Алдаҥҥа, Нерюнгригэ 1 358,5 га иэннээх 13 саҥа баһаар бэлиэтэннэ.
От ыйын 1 күнүн, сарсыардатааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 31 281 гектар иэннээх 48 ойуур баһаара баар. Уоту умуруорууга 385 киһи үлэлиир: Авиалесоохрана 318 үлэһитэ, айылҕа харыстабылын 56 үлэһитэ, 11 баҕа өттүнэн барбыт доброволец, ону тэҥэ аҕыс тиэхиньикэ.
Авиалесоохрана «Циклон» зондировщик-сөмөлүөтэ бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр, Уус Маайаҕа уонна Алдаҥҥа үлэлиэҕэ.








