Ааспыт сууккаҕа 41,7 тыһ. га. иэннээх 2 ойуур баһаара умуруорулунна

Балаҕан ыйын 7 күнүн туругунан, Саха сиригэр 43 тыһ. тахса га уопсай иэннээх 5 ойуур баһаара уонна 1 атын категориялаах уот умайар.

Суукка иһигэр 41,7 тыһ. га. иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруордулар.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр 244 киһи уонна 23 тиэхиньикэ кыттар.

Үөһээ Бүлүү улууһугар 2 ойуур баһаара сүрүн салалта кэтэбилигэр сылдьар.

Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох.