Ааспыт сууккаҕа 5 ойуур баһаарын умуруордулар

Саха сиригэр Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Өлөөн, Ньурба оройуоннарыгар ааспыт сууккаҕа 164 604 гектар уопсай иэннээх 5 ойуур уота умуруорулунна. Бу туһунан СӨ экологияҕа миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 65 ойуур баһаара умайар. Мантан Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Мииринэй, Уус Алдан оройуоннарыгар 258 185 гектар иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруораллар. Үлэҕэ 588 киһи уонна 49 тиэхиньикэ кыттар.

Коноплев киин куоракка тыал хайысхата уларыйбытынан баһаар буруота сүтэн эрэрин бэлиэтээтэ.