Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ ойуур баһаарын умуруордулар

Ааспыт сууккаҕа Уус Алдан, Таатта, Кэбээйи, Томпо, Орто Халыма, Алдан, Уус Маайа ойуурдарыгар 641,2 гектар иэннээх сэттэ баһаары умуруордулар. Бу туһунан регионнааҕы суһал штаб иһитиннэрэр.

Саха сиригэр билиҥҥи туругунан уопсайа 61 896,4 га иэннээх 60 ойуур баһаара уонна Өймөкөөн улууһугар 775 гектар иэннээх икки ландшафтнай баһаар баар. Ааспыт сылга баччаларга 1 613 240,5 га иэннээх сиргэ 154 ойуур баһаара бэлиэтэммит.

«Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Нерюнгригэ, Өймөкөөҥҥө, Сунтаарга, Тааттаҕа, Уус Маайаҕа 4 682,4 гектар иэннээх тоҕус баһаар уонна Өймөкөөн улууһугар 769 гектар иэннээх биир ландшафтнай баһаар хонтуруолланар», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Ону тэҥэ Нерюнгри, Таатта, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Алдан оройуоннарыгар 126,6 гектар иэннээх тоҕус саҥа баһаар үөскээбитэ бэлиэтэннэ.

Уоту умуруорууга 578 киһи уонна 28 тиэхиньикэ үлэлиир.