Ахсынньы бүтүүтэ Хатаска спортивнай комплекс үлэҕэ киириэ

Манна 400 миэстэлээх элбэх хайысхалаах, буоксанан дьарыктанар, итиэннэ эти-сиини эрчийэр саалалардаах буолуо.

Санатан эттэххэ, Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылга диэри дойду нэһилиэнньэтин 55-тэн аҕыйаҕа суох %-на спордунан дьарыктанар буолуохтааҕын туһунан сорук туруорбута.

Бүтэһик биэс сылга «Демография» национальнай тосхолу ааҕан туран араас бырагыраама иитинэн Саха сиригэр 32 бөдөҥ спортивнай эбийиэк үлэҕэ киирбит.

Өрөспүүбүлүкэҕэ физическэй култууранан уонна спордунан дьарыктанар киһи ахсаана 1,7 төгүл эбиллибит. Бу көрдөрүү 2023 сылга нэһилиэнньэ уопсай ахсаанын 55%-на буолбут.