Айсен Николаев: «Биһиги сүрүн сыалбыт — дьону эмтээһин эрэ буолбакка, кинилэр ыалдьыбаттарын туһугар үлэлэһэбит»

Ол курдук, 2024 сылга саҥа онкодиспансер арыллыаҕа. Бу Уһук Илиҥҥэ биир улахан тутуу эбийиэгэ буолар. Күҥҥэ 50 киһини көрөр-истэр, эмтиир кыахтаах буолара былааннанар. Диспансерга тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиэҕэ.

Уопсайа биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ үс улахан балыыһа уонна сүрэҕи-тымыры эмтиир киин тутулуннулар.

Бу сыл саҥатыгар өссө түөрт эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх диэн Айсен Николаев быһа эфиргэ бэлиэтээтэ.

Эбийиэк РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан «Доруобуйа харыстабылын» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна.