Айсен Николаев Пекиҥҥэ Владимир Путин салайар делегациятын састаабыгар киирдэ

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Пекиҥҥэ Владимир Путин салайар официальнай делегациятын састаабыгар киирдэ. Россия бэрэсидьиэнэ билигин КНР бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин ыҥырыытынан Кытайга үлэлии сылдьар.

«Россия уонна Кытай икки ардыгар кэпсэтиини үрдүкү таһымҥа таһаарыы, лиидэрдэр үгүс оробуочай сырыылара – дойдулар икки ардыларыгар сыһыаны сайыннарыыга төһүү буолар», – диэн Владимир Путин Кытайга барыан иннинэ видеоҕа этиитигэр иһитиннэрбитэ.

Владимир Владимирович Россия уонна Кытай икки ардыгар табаар эргиирэ улаата турарын, номнуо 200 млрд доллартан куоһарбытын бэлиэтээбитэ. Бииргэ үлэлэһии көмөтүнэн тутаах салааларга улахан бырайыактар үлэҕэ киирэллэр.

Санатар буоллахха, Айсен Николаев Харбиҥҥа РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев официальнай делегациятын састаабыгар үлэлээбитэ.