Саха сиригэр пилота суох таһаҕаһы таһыы тестовай эрэһииминэн оҥоһулунна. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ сырдатта.
«Бу дьоһуннаах хайысха буолар дии саныыбын. Билиҥҥи кэмҥэ пилота суох тэрили үксүн байыаннай сыалга туттулларын кэпсииллэр. Ол эрээри, күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар кыаҕа өссө улахан буолар. Холобура, киэҥ сирдээх уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх Сахабыт сиригэр. Пилота суох тиэхиньикэни оҥорор бөдөҥ тэрилтэлэр маннык эксперименнэри дойду үрдүнэн ыытары быһаарыннылар. Бу бырайыагы олоххо киллэрэр сөбүлэҥнэр чэрчилэринэн бастатан туран Саха сиригэр ыытарга быһаарыныы ыллылар. Ол курдук, бастакы бырайыак киирдэ — Бэрдьигэстээхтэн Кэптиҥҥэ диэри кыра баһыылкалары, кыра ыйааһыннаах сапчаастары, аһы-үөлү, эмп-томп ыытан саҕалаатылар. 46 кэриҥэ сырыыны оҥордулар. 150 киилэ таһаҕаһы тиэртилэр. Бары көрдөрүүлэр үчүгэйдэр», — диэн кини эттэ.
Билигин экспериментальнай көтүүлэри аны практическайдык көтүтэргэ, нэһилиэнньэҕэ туһалаах гынарга дьулуһаллар. Бу маны туһаныахха наада диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.








