Алдан оройуонугар гаас 2020 сыллаахха киириэҕэ

Ил Дархан Айсен Николаев «Сибиир күүһэ» гаас турбата киириитэ хас даҕаны оройуону гааһынан хааччыйарга көмө буолуоҕа диэтэ.

«Гаас турбата ааһар оройуоннарыгар гааһы киллэрии бырайыагын-сметатын докумуонун оҥоруу эһиил саҕаланыаҕа. Бастатан туран, Алдан оройуонугар киириэҕэ», — диэтэ Айсен Николаев «Саха сирэ, иннин диэки!» биэриигэ.

Ил Дархан гаастааһын бырагырааматыгар Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Нерюнгри оройуоннара киириэхтэрэ диэн бэлиэтээтэ.