АЛРОСА Накыын баахтабаай бөһүөлэккэ оптоволокно ситим тарта

АЛРОСА Ньурба хайа байытар кэмбинээтэ турар Накыын баахтабай бөһүөлэгэр түргэн тэтимнээх интернети киллэрдилэр. Бу туһунан хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Сибээс саҥа ханаала 2019 сылга оҥоһуллан саҕаламмыта. Оптоволоконнай ситим уһуна 182 килэмиэтир. Бырайыак тутуутун, хомуйуутун, сибээс ханаалларын төлөбүрүн толору сыаната 140 мөлүйүөнтэн тахса буолбут», —диэн АЛРОСА информационнай технологияҕа дириэктэрэ Максим Каданцев эттэ.

Интернет тэтимэ 1 ГБ/с. тиийэ улааппыта бэлиэтэнэр. Суотабай сибээс икки базовай станциялара саҥардыллыбыттар. Ол түмүгэр бөһүөлэк олохтоохторо үчүгэй LTE сибээс ханаалынан хааччылыннылар.