Алтынньы 16-22 күннэригэр өрүһүнэн тырааныспары таһыы тохтуон сөп

Дьокуускай-Аллараа Бэстээх-Дьокуускай хайысханан паром сырыыта алтынньы 16-22 күннэригэр тохтуон сөп.

Бүлүү өрүһүнэн паром сырыытын, быһа холоон, алтынньы 7-10 күннэригэр тохтотоллоро сабаҕаланар.

Оттон алтынньы 14-16 күннэригэр Алдан өрүһүнэн Мэҥэ Алдан-Кэскил хайысханан сырыы тохтуура күүтүллэр.