Алтынньы 29 күнүгэр Владимир Солодов быһа эфиргэ тахсыаҕа

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр 19.00 чааска Instagram социальнай ситимҥэ быһа эфиргэ тахсыа.

«Национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин, бүддьүөт ылыыллыытыгар суолталаах хайысхалары, ону тэҥэ социальнай өҥө тэрилтэлэрин ситимин уларытыы туһунан бииргэ кэпсэтиэхпит», — диэн бэйэтин социальнай ситимҥэ баар сырайыгар иһитиннэрдэ.

Манна интэриэһиргиир ыйытыыларыгытын биэриэххитин, өрөспүүбүлүкэ олоҕо-дьаһаҕа сайдарыгар этиилэргитин киллэриэххитин сөп.