Амма Чакырыгар байыаннайдар дьиэ кэргэттэрин киин ититиигэ холбоотулар

Амма улууһун Чакыр нэһилиэгэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр киин ититии систиэмэтин холбоотулар. 

Ол курдук, быйыл «Подключение частного сектора» бырагырааманан нэһилиэн 12 дьиэтин холбообуттар, олортон иккитэ — СВО кыттыылаахтарыгар. Холбооһун ороскуотун олохтоох дьаһалта уйуммут.