Анастасия Диодорова 100 м. харбааһыҥҥа бэһис буолла

Саха сирин харбааччыта Анастасия Диодорова Токиоҕа буола турар Паралимпиадаҕа 100 миэтэрэҕэ бэһис уонна бэйэтин бөлөҕөр икки харбааһыҥҥа тохсус буолла.

100 миэтэрэҕэ Диодорова 1.25,96 кэллэ. Бастакынан Шелби Ньюкирк кэллэ (1.22, 83). Күрэхтэһии финалыгар аҕыс бастыҥ бириэмэлээх спортсмен ааһар.

Анастасия Диодорова 50 м. баттерфляйынан харбааһыҥҥа бэйэтин бөлөҕөр алтыс, оттон өссө икки харбааһыҥҥа 11-с буолла. 4х50 эстафетаҕа хамаанданан төрдүс буоллулар.