Авиалесоохрана Ньурбаҕа уонна Эдьигээҥҥэ эбии үлэһиттэри ыытта

Ойуур баһаарын ахсаана элбээбитинэн уонна балаһыанньа уустугурбутунан Авиалесоохрана Ньурба уонна Эдьигээн улуустарыгар эбии үлэһиттэри ыытта.

Бүгүн Ньурба улууһугар 20 үлэһиттээх бөлөх көттө. Бэһэҕээ Эдьигээҥҥэ Үөһээ Бүлүү исписэлиистэрэ көмөҕө кэлбиттэрэ. Ону тэҥэ Мииринэй оройуонугар Бүлүүтээҕи көтөр салаа үлэһиттэрэ айанныахтара.

Уопсайа үлэни күүһүрдэргэ 60 киһини ыыталлар.