«Азия оҕолоро» оонньууларга Саха сирэ уопсайга алтыс миэстэ буолла

«Азия оҕолоро» VII-с спортивнай оонньууларга Саха сирэ уопсайга алтыс миэстэ буолла.

1 миэстэ — Сибиир (45 кыһыл көмүс, 38 үрүҥ көмүс, 36 боруонса);
2 миэстэ — Узбекистан (41 кыһыл көмүс, 28 үрүҥ көмүс , 45 боруонса);
3 миэстэ — Москва (31 кыһыл көмүс, 38 үрүҥ көмүс, 41 боруонса).

Саха сирин хамаандата 12 кыһыл көмүс, уон үрүҥ көмүс уонна 15 боруонсa мэтээллэрдээх, алтыс миэстэ.

«Азия оҕолоро» VII-с норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар от ыйын 27-тэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри ыытылыннылар. Манна спорт 19 көрүҥэр 273 мэтээл кэмпилиэгэ оонньонно. 

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан спорт 18 көрүҥэр 120 спортсмен кытынна.