«Азия оҕолоро» оонньууларыгар Саха сирин спортсменнара биэс кыһыл көмүс мэтээли ыллылар

Владивостокка хапсаҕай күрэхтэһиитэ түмүктэннэ. Саха сирин хапсаҕайдьыттара хамаандаҕа биэс кыһыл көмүс мэтээли аҕаллылар.

Саха спортсменнара ыйааһыҥҥа барытыгар кытыннылар. Биэс ыйааһыҥҥа үчүгэй түмүгү көрдөрдүлэр.

Ол курдук, 45 киилэҕэ Корякин Алексей (Мэҥэ Хаҥалас), 50 киилэҕэ Ноговицын Вячеслав (Кэбээйи), 55 киилэҕэ Ноговицын Влад (Сунтаар), 62 киилэҕэ Винокуров Дмитрий (Бүлүү), 70 киилэҕэ Захаров Алексей (Горнай) чемпион үрдүк аатын ыллылар. 70-тан үөһэ ыйааһыҥҥа саха спортсмена Приморьеттан сылдьар Вадим Костинтан хотторон боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна. Бу ыйааһыҥҥа Сибииртэн Айрат Ооржак кыайыыны ситистэ.