Бүгүн Дьокуускай телебашнята Херсонскай уобалас былааҕын өҥүнэн сандаарыаҕа

Сэтинньи 3 күнүгэр телебашня Херсонскай уобалас былааҕын өҥүнэн сандаарыаҕа.

Киэһээ телебашня уотун 21:00-тан 22:00 чааска диэри холбуохтара.

Сэтинньи 4 күнүгэр Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр Россия былааҕын өҥүнэн умайыаҕа.

Быйыл Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн Россия саҥа субъектардаах бэлиэтиир. Билигин дойдубут 89 регионнаах, нэһилиэнньэтин ахсаана 6,2 мөл киһинэн элбээтэ, уопсайа 152 мөл кэриҥэ киһи буолла.