Бүгүн Саха сирин үгүс өттүгэр хаардыаҕа

Бүгүн, муус устар 4 күнүгэр, күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, киин өттүлэригэр хаар түһүөҕэ диэн сылыктыыллар. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр.

Хотугулуу-илин сөҥүүтэ суох. Арҕаа өттүгэр сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕэ, соҕуруу диэки сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыалырыа.

Ону тэҥэ муус устар 4 күнүгэр Алдаҥҥа, Нерюнгригэ күүстээх хаар түһүүтэ күүтүллэр, тыал хотуттан 15-18 м/с буолуоҕа.

«Салгын температурата түүн -7-12°C, хотугулуу-арҕаа, арҕаа уонна хотугулуу-илин өттүлэригэр -23-28°C. Күнүһүн -4+1°C, хоту диэки -8-13°C, кытылга -14-19°C», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.