Бүгүҥҥүттэн массыыналаах дьоҥҥо кэккэ уларыйыы киирэр

Муус устар 1 күнүттэн массыыналаах дьоҥҥо кэккэ уларыйыы киириэ.

Исписэлиистэр легковой массыына сыаната 1,5-2% үрдүүрүн сабааҕалыыллар. Сыана үрдээһинэ кыра буолуо эрээри, сорох мааркаларга дефицит үөскээн, сыана хамсыан сөп диэн быһаараллар.

ОСАГО полиһын болдьоҕо тахсыбыт суоппардары сууккаҕа биирдэ эрэ ыстараааптыыр туһунан сокуон ылыллыбыта. Ол эрээри, РФ ИДьМ иһитиннэрбитинэн, суол камералара билигин бу кэһиини бэрэбиэркэлиир кыахтара суох.