Бүлүүгэ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анал дьарыктар буолаллар

Бүлүү куорат выстовочнай саалатыгар айар мастырыскыай нэдиэлэтээҕи дьарыга буолан ааста.

Бастакы чааһыгар оҕолор Дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор оҥоһуктарын, уруһуйдарын сэргээн көрдүлэр. Ол кэнниттэн түмэл үлэһитэ Сардана Сыроватская оҕолорго сахалар сайыҥҥы Ньукуолуну хайдах көрсөллөрүн кэпсээтэ. Сэҥээрэн иһиттилэр уонна дьонноругар тиийэн кэпсиэх буоллулар.

Түмүккэ туостан харысхалы оҥордулар. Оҕолор хас биирдии бэйэлэрэ, ойуу туһэрэн, кырыйан, быатын килиэйдээн, харысхал оҥостон үөрэ-көтө кэтэн дьиэлэригэр тарҕастылар.