Бүлүү улууһугар бөрөлөрү бултаатылар

Бүлүү улууһун эргийэ сылдьар бөрөлөрү сонордооһун ааспыт күһүнтэн тохтоммокко бултанна. Ол курдук кыс хаар түһүөҕүттэн 2023 сыл үүнүөр диэри 11 бөрө бултанна. Бороҕоҥҥо -1, Балаҕаччыга — 1, Тоҕуска-1, Тылгыныга -3, Илбэҥэҕэ -3 , Хаҕыҥҥа-2 бөрө.

«Соторутааҕыта Тылгыныга Эдуард Васильев салайааччылаах бөрөһүттэр биригээдэлэрэ элбэх сылгыны тарпыт үс ардай аһыылааҕы бултаһан барыларын тохтоттулар. Икки бөрөнү эдэр бөрөһүттэр туһаҕынан бултаатылар», — диэн Андрей Яковлев – Чуос кэпсээтэ.