Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Саха сирин сорох улуустарыгар инчэҕэй хаар уонна тыал түһэрин сылыктыыллар

Сарсын, балаҕан ыйын 23 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ сорох оройуоннарыгар инчэҕэй хаар уонна күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Өлөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Эдьигээҥҥэ уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар кыратык ардахтыа, сорох сиринэн сымнаһыар ардах, инчэҕэй хаар түһүөҕэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Ону тэҥэ Өлүөнэ алын тардыытыгар сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөн сөп.

Салгын температурата ортото түүн 0,-5 буолуоҕа, ардах, хаар кэмигэр 0,+5, Халымаҕа -5-10, Өймөкөөҥҥө -12-17. Күнүс +13+18, арҕаа диэки +8+13, хоту диэки +2+7°.