Балаҕан ыйыттан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнтэн сылдьар устудьуоннар үөрэнэллэригэр төлөбүр көрүллэр

От ыйын 25 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнтэн сылдьар устудьуоннар төлөбүрдээх орто анал үөрэххэ үөрэнэллэригэр биир кэмнээх харчынан көмө көрүллэрин бигэргэппитэ. Бу миэрэни Ил Дархан Айсен Николаев Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн киллэрбитэ.

Ол курдук, төлөбүрдээх үөрэх суумматын аҥара төлөнөр. Төлөбүр кээмэйэ – 50 тыһ. солкуобай.

Сайабылыанньаны балаҕан ыйын 1 күнүн кэнниттэн биэриэххитин сөп:

— www.e-yakutia.ru

— Элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ)