Бэс Күөлүгэр минерализованнай балаһаны уураллар

Горнай Бэс Күөлүттэн түөрт килэмиэтирдээх сиргэ баһаар баар, миэсэтигэр минерализованнай балаһаны оҥороллор.

«Бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаан баһаары утары балаһаны оҥоруу, мастары суулларыы үлэтэ барар. Биригээдэлэр түүһү быһа үлэлээтилэр. Тыал түргэнэ бэҕэһээҥҥи курдук. Сулууспа барыта нэһилиэги көмүскүүргэ бэлэм», – диэтэ Горнай баһылыга Никита Андреев.