Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр ойуур баһаарын тохтоторго штаб тэрилиннэ

Горнайга Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр ойуур баһаарын тохтоторго штаб тэрийдилэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрэр.

Көһөрүллүбүт дьону барыларын быстах кэмҥэ олорор дьиэнэн, аһынан хааччыйыахтара.

Ону сэргэ былаастар баһаарга былдьаммыт олорор дьиэлэри чөлүгэр түһэриигэ сөптөөх суоттааһыннары ыытыахтара.

Санатан эттэххэ, ЫБММ исписсиэлистэрэ уоттан 225 дьиэни быыһаатылар, бөһүөлэк олохтоохторун көһөрбүттэрэ, эмсэҕэлээбит суох.