Бэс Күөлэ хаар оҥоһуктарынан киэркэйдэ

Горнай улууһун Бэс Күөл сэлиэнньэтэ хаар оҥоһуктарынан киэркэйэн, тупсан турар.

Бэс Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Августа Карбаканова таһыгар хаартан араас дьэрэкээн өҥнөөх хаар оҥоһуктары оҥорор.

Августа бу дьарыгын 2008 с. саҕалаабыт. Кэнники сылларга нэһилиэк иһинэн хаар оҥоһук күрэһигэр кыттар.

Маннык хаар оҥоһуктары оҥорор үгэс хаһыс да сылын салҕанан барара олус үчүгэй. Оҕолорго, төрөппүттэргэ, нэһилиэк да олохтоохторугар күүтүүлээх кэрэ кэммит Саҥа дьыл, саҥа сыл чугаһаан иһэрин  бэлиэтэ буолар. Биллэрин курдук,  киһи барыта Саҥа дьылтан туох баар үчүгэйи, кэрэни эрэ күүтэр.