Бэс ыйыгар Саха сиригэр эбии икки өрөбүл күнэ баар

2021 сыл бэс ыйыгар Саха сирин олохтоохторугар алта бырааһынньык өрөбүлэ баар, ол иһигэр икки эбии өрөбүл күнэ. Бу туһунан СӨ үлэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бэс ыйын 12 күнүгэр бэлиэтэнэр Россия күнэ — субуотаҕа түбэһэринэн сибээстээн, өрөбүл күнэ бэс ыйын 14 күнүгэр көһөр.

Бэс ыйын 21 күнэ Ыһыах күнүнэн буоларынан — өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин уонна дьаһалталарын үлэһиттэригэр — өрөбүл күнэ.

Онон, 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар бэс ыйын 12, 13, 14 күннэрэ уонна бэс ыйын 19, 20, 21 күннэрэ өрөбүл күннэринэн буолуохтара.

Ону тэҥэ, бырааһынньык күнүн иннээҕи үлэ күнэ эбэтэр симиэнэтэ биир чаас кылгыыр.